Page 359 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 359

Сүүрэн дэгидийдэ,
                    Сис хара тыатыгар
                    Тигинээн таҕыста,
             14860  Сэттэ силээн үрэх
                    Сиэттиһэн түһэр дьирбиититгэн,
                    Түмүллэн түһэр төрдүттэн,
                    Сэтиэнэхтээх дулҕа
                    Сигидийэр сэкититтэн,
                    Үс тиэйии холобурдаах оту
                    Үргээн үллэҥнэтэн,
                    Үөлэҥ хара тыа
                    Үөл талаҕынан
                    Үллэччи кэлгийэн,
             14870  Өрүкүччү сүгэн,
                    Сиэлэн-хааман
                    Сигидитэн аҕалан,
                    Сэттэ тэтиэнэх киһи
                    Нэһииччэ сэгитэн киирэр
                    Дьиппиэн хара халҕанын
                    Тэлэйэ баттаан баран,
                    Дьиэтин иһигэр
                    Симээри гынан эрдэҕинэ:
                       — Нойон киһиэ,
             14880  Тугун баҕас элбэҕэй?
                    Көҕүрүтэ түс,
                    Көмүһүм оҕотоо! — диэтэ
                    Күбэй хотун ийэтэ.
                       Онуоха буоллаҕына
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Аҕалбыт отун
                    Үстэн иккитин
                    Быһа тардан ылан,
                    Харытын таһынан
             14890  Халыан баҕайытык
                    Таһырдьа диэки
                    Садьыйан кэбистэ.
                       Кыыс Ньургун бухатыыр
                    Киирбит оту
                    Кумуйа-хамыйа тутан
                    Куучалаан-мээкэйдээн,
                    Хонноҕун анныгар кыбытан,
                    Хааман-сиимэн самалдьыйан,
                    Хаҥырҕастаах-бичиктээх
                                   -    351  -
   354   355   356   357   358   359   360   361   362   363   364