Page 360 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 360
14900 Хаппахчы улаҕатыгар,
Хаҥас орон кытыытыгар
Сахсаччы-сахсыйан,
Тэниччи ууран,
Тэлгэтэ оҕуста.
Алаатыыр Ала Туйгун
Хотун ойоҕун көрөөрү,
Хайдаххыный-туоххунуй диэри,
Хаҥас диэки
Байым-сайым дайбаан,
14910 Бадьыр-идьир тэбинэн,
Баһыах-иһиэх хааман,
Бадьык-идьик туттан,
Баран истэҕинэ,
Ийэтэ эргиллэ түстэ:
— Манна тоҕо кэллиҥ?
Доҕоргор туох эмэ
Хатыҥ тоһоҕото киллэрэн,
Саайа охсон биэр, — диэтэ,
Ону истээт,
14920 Ойон таҕыста,
Түргэн сырыы түгэнэ буолла,
Тиэтэйбит санаатыгар
Толоонун-сыһыытын
Туораан тахсыбытын билбэтэ.
Харыйа түбэлээх
Хатыҥ чараҥ
Ханыылаһан лаглаһан,
Турар сирдэригэр
Тиийэн кэлбит эбит.
14930 Биир баай мутуктаах
Байбаччы үүммүт
Баараҕай хатыҥы
Болгуо тимир курдук
Модьу-баабый тарбаҕынан
Батыччы харбаан баран,
Буордары-сыыстары,
Силистэри-сиппэхтэри,
Төрүггэри-оройдору
Түөрэ тардан ылан,
14940 Санныгар бырахта.
Сигириччи сүгэн,
Сиэлэн-хааман,
- 352 -

