Page 358 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 358

Дохсун быһыыгыт
                    Тобуккутунан үҥнэрииһи.
                       Итинник элбэх-үгүс
                    Эрэйдээх эриэһиҥҥэ,
                    Муҥнаах мускуурга,
                    Сындалҕаннаах сырыыга
              14820  Сыддьан бараҥҥыт,
                    Аны-аныаха диэри
                    Таттык санаан' хаалбатах,
                    Чочулрн мэнигиҥ
                    Тохтооботох бэйэккэтэ
                    Эбитэ дуу,  — диэтэ.
                       Онуоха буоллаҕына
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                     Күбэй хотун ийэтигэр
                    Туох да диэн
              14830  Харда саҥа саҥарбата,
                     Буруй туттан
                     Буугуначчы тыынан,
                     Буору-сири көрөн
                     Буугунуу турда:
                       — Турума эрэ,
                     Нойон киһиэ!
                     Тэллэххэ сытар тэҥнээҕиҥ,
                     Хоонньуга сытар
                     Холоонноох доҕоруҥ,
              14840  Тыллаах-өстөөх
                     Чычыгыр-чуоҕур аттаах
                     Нарын Ньургустай
                     Ахтар Айыыһыта салаллаары,
                     Эдьээн Иэйэхситэ эргиллэн,
                     Этэ ыалдьан,
                     Илистэн-холустан олорор,
                     Сэтиэнэх отто булаҥҥын,
                     Үргүү охсон киллэрэ тарт, — диэтэ
                     Күбэй хотун ийэтэ.
              14850     Ону истэн баран,
                     Алаатыыр Ала Туйгун
                     Үөрэн-көтөн,
                     Өрө урбачыс гына түстэ,
                     Сүрэҕэ тэптэ,
                     Сүргэтэ көтөҕүлүннэ,
                     Төтгөрү ыстанна,
                                       350
                                   -
   353   354   355   356   357   358   359   360   361   362   363