Page 367 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 367
Хардырҕаччы тэбистэрдэ,
Курун хара тыаны
Кур кулуһун курдук
Курдурҕаччы үктэттэ,
Сис хара тыаны
Сэтиэнэх от курдук
Сирдиргэччи тэптэрдэ,
Үөл хара тыаны
Өлөҥ от курдук
15210 Үлтү сыыйда.
Хатан мае
Хабырыта барбыта —
Хара суор курдук
Хаһыытаһа хааллылар.
Чуор мае
Тоһута барбыта —
Токутар улар курдук
Куһугураһа көттүлэр.
Түбэ тыаны
15220 Дьөлүтэ үктэппитэ —
Чүөмпэ көлүйэ буолан,
Чөҥөрүһэн түстүлэр.
Сис тыалары
Сиҥнэритэ тэптэрбитэ —
Чэҥнээх үрүйэ буолан
Хайа солонно.
Тумул хайалары
Тоҕута тэптэрбитэ —
Тоҕуһун үйэтин тухары
15230 Муус уораан буолан
Тоҕута тардан түстэ.
Сымара таастар
Эмти барбыттара —
Сырҕан эһэ курдук
Часкыһа хааллылар.
Суорба таастар
Логлу ыстаммытгара —
Торҕон бөрө курдук
Улуһа хааллылар.
15240 Күтүр ыраах сири мэккийэн,
Дьоһун ыраах сири
Дьуккуйан* истэ.
Өр да айаннаабытын билбэтэ,
359 -

