Page 368 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 368

Өтөр да айаннаабытын билбэтэ.
                    Бу түү мээчик курдук
                    Төкүнүйэн үөскээбит
                    Түмэн бараан дойду
                    Түөлбэлээх түһүлгэтэ буолбут
                    Киэҥ Тумарыкы Эбэ хотун
             15250  Килэрийэр киинигэр,
                    Дьогдьойор саалыгар,
                    Туналыйар ньууругар
                    Чуораадыйан олорбут
                    Тоҕус толуу үрэх
                    Торолуйар тойоно буолбут
                    Чукдаарыкы тойон
                    Иэримэ дьиэтигэр,
                    Аан алаһатыгар,
                    Кэтит ордуутугар,
             15260  Кэкэ чуоругар,
                    Баараҕай уорук
                    Балаҕанын таһыгар
                    Тоҕус туллук кыылым тохтообокко
                    Дьурулуу сүүрэр
                    Дьоруо атым
                    Таба дугунан ааспат
                    Дьулусхааннаах дьулуо маҕан
                    Тусаһатын ортотугар,
                    Айыылаах киһи
             15270  Атгыгар барбат,
                    Буруйдаах киһи
                    Букатын чугаһаабат,
                    Үс моонньохтоох,
                    Үрдүгэр өксөкүлээх,
                    Сиэллээх дэйбиирдээх
                    Тойон баадай сэргэтин төрдүгэр
                    Атын түөрт
                    Туйаҕын тыаһа
                    Түөрт сүллэр этиҥ
             15280  Маска дьааһыйарын курдук
                    Ньир гына
                    Өрө саалла түстэ.
                    Тоҕус толуу үрэх баһа
                    Дуораһыйыар диэри
                    Тойон баадай
                    Сэргэтин төбөтүн
                                   -    360  -
   363   364   365   366   367   368   369   370   371   372   373