Page 385 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 385
Өрө сиэлийэн кэбиспитэ,
Сүллүгэһэ төлө ыстанан,
Үрдүк былыт
Үрүт соһуутун диэки
Субурҕа чаҕылҕан курдук
15980 Субурус гынан хаалла.
Кэмниэ-кэнэҕэс,
Хомнуо хойут
Тараҕай таас
Булгунньах үрдүгэр
Уот чаҕылыйа түстэ.
Өлүү бээгэй оҕус
Өрүтэ тоҥкучахтаата,
Үрүтүн үөһэ сиэлийдэ,
Түүрүллэ-түүрүллэ түстэ.
15990 Алаатыыр Ала Туйгун
Аһара көтөн биэрэ-биэрэ,
Өрө ыстанан тахса-тахса,
Үллэр бүөргэ тиҥилэхтэтэлээтэ,
Үрүҥ сүнньүгэ тэбитэлээтэ.
Оҕус буоллаҕына
Орулуу-орулуу
Ордук уоҕурда,
Эбии эпчимирдэ,
Илбиһирэн турда,
16000 Тэбинэ-тэбинэ тэбиэһирдэ,
Түллэ-түллэ түстэ,
Муус буурҕанан
Бууһугураччы тыынна,
Силлиэ холуругунан
Сири-буору
Сиритэ тибиирдэ,
Кэйдэр кэйэн истэ,
Сиэлийдэр сиэлийэн истэ.
Алаатыыр Ала Туйгун
16010 Абара-сатара санаата,
Адьарай бөҕө
Адьырҕа оҕуһа
Алыс бардаҕына,
Аан дойдуну алдьатыа,
Көҥүл бардаҕына,
Күн өркөн ууһун эһиэ,
Сир ийэни сиҥнэриэ диэн,
- 377

