Page 389 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 389

Суон моонньун төрдүттэн
                   Ыга тэбинэн баран,
                   Хоҥхойор куолайын үүтүнэн,
             16150  Хаҥкыйар хаалдьыгын хараҕынан,
                   Дуолан хара оҕус
                   Буулаҕалаах моонньун
                   Булгу эрийэн,
                   Үрүҥ сүрүннэри,
                   Өҥүргэс хабарҕалары,
                   Субуруйар куолайдары,
                   Чороҥнуур тыллары,
                   Балыксыт ыал
                   Балаҕанын аҥаарын саҕа
             16160  Малаада маҥаас төбөтүн
                   Моонньун ортотунан
                   Булгу эрийэн,
                   Быһа тардан ылла,
                   Ол гынан баран
                   Саманнык диэн,
                   Саҥа саҥара турбута
                   Эбитэ үһү:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                   Бу тоҕус толуу үрэх баһын
             16170  Торолуйар тойоно буол бут
                   Чукдаарыкы бухатыыр
                   Тойон убайым, этэр тылбын
                   Истэ сэргэҕэлээ,
                   Тумарыкы Эбэ хотун
                   Торҕо күөҕэр
                   Торолуйа улааппыт
                   Торбоһуҥ төбөтүгэр
                   Топпотоҕуҥ буолуо.
                   Ол иһин
            16180  Үөһээ бөҕө
                   Үлүгэрдээх үс биис ууһун
                   Үрдүк баһылыга буолбут
                   Улуутуйар Улуу Тойон оҕонньор
                   Орулуур отут сылы мэлдьи
                   Курулаан ииппит
                   Бурҕалдьыны кэппэтэх
                   Буулаҕа хара
                   Өлөр Өлүү Луо бээгэй
                   Атыыр оҕуһун

                                     381  -
   384   385   386   387   388   389   390   391   392   393   394