Page 390 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 390

16190  Аарыма маҥаас төбөтүн
                    Быһа тардан ыламмын,
                   Тойон убайбар эйиэхэ
                    Бэлэх гиэнэ бэрдэ диэммин
                    Бэлтэччи бэлэхтиибин,
                    Манньа гиэнэ бастыҥа диэммин
                    Балтаччы маанылыыбын,
                    Кыйахалаатахха* халыҥ соҕус
                    Куйахалаах буолуо,
                   Тиниктээтэххэ силгэлээх соҕус
             16200  Эттээх буолуо,
                    Ыстаатахха ысталлаах соҕус
                    Төбө буолуо,
                    Ытыскар түһэрэн
                    Ыла оҕус эрэ.
                    Сыыһа тутаайаҥый,
                    Халты харбаайаҥый, — диэн баран,
                    Өлөр Өлүү Луо бээгэй
                    Атыыр оҕус төбөтүн
                    Чукдаарыкы Тойон
             16210  Балаҕанын диэки
                    Быраҕан кындаарытга.
                      Чукдаарыкы Тойон буоллаҕына,
                    Дьиэтин хабыллар
                    Хаба ортотугар
                    Атаҕын оллооннуу ууран,
                    Суодуйан-дьоһумсуйан,
                    Соҕуруу диэки
                    Тоҕус оҥоот-чоҥоот түннүгүнэн
                    Тонолуппакка араарбакка,
             16220  Супту одуулаан
                    Олорбут эбит.
                       Оҕус төбөтө
                    Ортоку түннүгүнэн
                    Тобулу көтөн киирэн,
                    Чукдаарыкы Тойоҥҥо кэлэн,
                    Түөскэ кэтиллэ түстэ.
                    Дьиэтин ортотугар
                    Тиэрэ таһылынна,
                    Иҥиир ситиитин тартаран
             16230  Титирэстээбитинэн барда.
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Өлөр Өлүү Луо бээгэй

                                   -   382  -
   385   386   387   388   389   390   391   392   393   394   395