Page 392 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 392

Сырсан мэтэриһэн кэллилэр.
                    Онтон-мантан
                    От-мас төрдүтгэн
                    Оторой-моторой уолатгар
             16280  Ойуоххалаһан турдулар,
                    Итинтэн-мантан
                    Эйэҥ-сэйэҥ дьахталлар
                    Эбиллэн-сабыллан
                    Элбээн истилэр.
                    Үөр туллук курдук
                    Үмүөрүһэ түстүлэр,
                    Арыы мае курдук
                    Арыаллаһан бардылар.
                    Өрөҕөр көҕүллээхтэрэ үөрдээтэ,
             16290  Атырдьах туйахтаахтара арыаллаата,
                    Ураа муостаахтара тоҕуоруйда.
                    Ону көрөн баран,
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Саҥа саҥара,
                    Тыл кэпсии,
                    Өс тобула турбута,
                    Эгэлгэтэ-хоһооно
                    Маннык буолта үһү:
                       — Дьиэ буо, дьиэ буо!
             16300  Айыы хаан аймахтара,
                    Күн өркөн уустара,
                    Субан туруйа уолаттар,
                    Кыталык кыыс дьахталлар,
                    Өрүөбүт уоһум үгэтин өйдөөҥ,
                    Хоммут уоһум
                    Хоһоонун холобурдааҥ!
                    Күҥҥүтүн-ыйгытын
                    Күлүктээн олорбут
                    Күтүр баһылыккыт,
             16310  Күөмчү тойоҥҥут
                    Чукдаарыкы Тойон обургу
                    Сураһан аҕалбыт
                    Суудайан булбут
                    Луо бээгэй
                    Торбоһун төбөтүн
                    Туора кууспутунан,
                    Суотуйан олорбут
                    Ордоотуур-ордуутугар
                                   -   384  -
   387   388   389   390   391   392   393   394   395   396   397