Page 394 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 394

Онуоха
                   Кыталык кыыс дьахталлар,
                   Субан туруйа уолаттар
                   Биир куолаһынан тыл этэ,
                   Саҥа саҥара
                   Тоҕуоруһан турдулар:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                   Айыы хаан аймахтарын
             16370  Аһыныылаах санаалаах
                   Аатгаах бухатыыра
                   Араҕас сиэр аттаах
                   Алаатыыр Ала Туйгун,
                   Тойон убайбыт,
                   Аҕыс атахтаах
                   Адьарай бөҕө
                   Алдьархайдаах адьыррларытган
                   Арааран абыраабыккар,
                   Көстүбэт бөҕө
             16380  Күтүрдээх үлүгэриттэн
                   Көмүскээн ылаҥҥын,
                   Күнү көрдөрбүккэр,
                   Көтөҕөн-сүгэн уйаргынан
                   Күндү махталбытын
                   Көтөллөнөн тиийэҥҥин,
                   Күн өркөн уустарыгар,
                   Айыы хаан аймахтарыгар,
                   Аймах-билэ дьоҥҥор
                   Кэһии оҥостон,
             16390  Киэн туттан
                   Кэпсээн гынаар.
                   Кэрэмэс саһыл кыылым
                   Кэлин тэбэҕэйин
                   Кэккэлэччи туппут курдук
                   Кэрэ-тэгил дьоҥҥор
                   Кэрэхсэтээр эрэ,
                   Былаҕайга былдьатыма,
                   Очурга оҕустарыма,
                   Тэхтиргэ тэптэримэ,
             16400  Албан аатыҥ алдьамматын,
                   Дьоһун сураҕын' тубустун,
                   Дьол-бараан тосхолуннун,
                   Өрөгөй-талаан үрдээтин,
                   Саргы-дьаалы салалыннын,

                                  -   386  -
   389   390   391   392   393   394   395   396   397   398   399