Page 47 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 47
Алын өртө буоллаҕына
Аллараа нэс туой түгэҕин
1620 Аһара көтөн
Орто буор ийэни
Уһулу үүнэн киирэн,
Аллараа дойду
Аҕыс биис ууһуттан
Тутуһан тутан туруом диэн,
Тоҕус булуус буору
Тобулу түһэн иһэн,
Аллараа булуус дойду
Уораана охсууһу,
1630 Оччоҕо буоллаҕына
Силиспиттэн сиэкинийэн,
Испиттэн эмэҕирэн,
Төрдүбүттэн түөрүллэн түстэхпинэ,
Тэҥнээх сэтэ
Хоһоонноох хоһута,
Эриэн ыт элэгэ,
Күөрт ыт күлүүтэ буолуом,
Кэнэҕэски кэнчээри дьоҥҥо
Кэнчиэлээх буолуо диэн,
1640 Сир ийэ чэҥнээх булууһуттан
Силиһэ-тымыра
Төттөрү кэнэрийэн тахсан,
Сириэдийэн-ситимнэһэн,
Сиксиэрдээх муора
Бэтэрээ өртүгэр
Дэриэспэ таас хайаҕа тиийэн,
Тирэнэн түһэн баран,
Бу дойдум
Силлиэтэ-сиксиэрэ
1650 Бэрт буолсу диэн сирэн,
Төттөрү сириэдийэн кэлэн,
Сири иэнинэн сис хара тыа буолан,
Тэнийэн үүнэн барбыт эбит.
Лабаата үүнэн
Намылыйан-наскыйан,
Тайаан-тайаан
Дьалхааннаах муора
Бэтэрээ эҥээригэр тиийэн,
Тайана түһэн баран,
1660 Бу дойду сатата-дьалхаана
43 -

