Page 51 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 51

1790  Холобура биллибэт,
                   Хотолуспут хотоннордоох,
                   Сиксигэ биллибэт,
                   Тилийэ барбыт
                   Нэлэмэн киэҥ
                   Тиэргэн сириэдийбит,
                   Бадаҕа биллибэт
                   Баарарай баларан
                   Багдайан көһүннэ.
                     Бу балаҕан таһыгар
             1800  Ньуу-ньаа саҥа
                   Торуоруйбут дойдута буолла.
                   Күө-дьаа кэпсэтии элбээбит.
                   Киһи-сүөһү мустан
                   Күөрүү-саарыы
                   Күдьүөрүһэн олорор
                   Сирдэрэ буолла.
                     Ол баларан диэкиттэн
                   Торус толугурдаах
                   Торбуйаҕын иннигэр
             1810  Туорауурбут,
                   Тоҕус туос ыараһы
                   Соротох сул-маран оргуһахха
                   Тилийэ сүкпүт,
                   Толугурдаах торбуйах* тэриитэ
                   Сөтөрүйбүт сутуруолаах,
                   Саадьарай торбос тэриитэ
                   Сатай-матай сарынньахтаах,
                   Эриэн торбос тэриитэ
                   Эмтир-самтыр этэрбэстээх,
             1820  Модьууннаах торбос баттара
                   Муостары тигиллибит
                   Болгуо-илгиэ бэргэһэлээх,
                   Торус ИЛИИ
                   Лаҥхар саах буолбут
                   Тобуттубут оноолоох,
                   Сэттэ ИЛИИ
                   Лаҥхар саах буолбут
                   Тэһиттибит эҥэрдээх,
                   Тимэрэ биллибэт
             1830  Тиэрэ-маары
                   Тиһиллибит эҥэрдээх,
                   Торбос мыаннырыгын

                                  -    47  -
   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56