Page 49 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 49

Ото-маһа
                   Мантан төрүтгэммит
                   Үүнэн үөскээн барбыт.
                      Аан дойдуга
                   Аан бастаан үүммүт
                   Аарыма баараҕай
             1710  Аар-ЛуукМас
                   Айгыстан аарыгыран турар эбит.
                      Илин диэкиттэн
                   Илистэн-сылыйан,
                   Эпсэри аччыктаан,
                   Эстэн-быстан,
                   Иэдэйэн - дьүдьэйэн,
                   Иэһэр бэйэлэнэн,
                   Этэрик дьүһүннэнэн,
                   Иэҕэлдьиһэн-куоҕалдьыһан кэлбиггэр
             1720  Иитиллэн-аһаан,
                   Эггэрэ-хааннара тиллэн
                   Эпчимирэн барар сирдэрэ эбит.
                      Соҕуруу диэкиттэн
                   Суолга-иискэ
                   Тоҥон-хатан,
                   Туорхаһыйан-аччыктаан,
                   Сутаан-быстаран,
                   Чорбоччу көтөхтөрөн,
                   Токуҥнаһан-бокуҥнаһан кэлбиттэр
             1730  Тохтоон сынньанан,
                   Тото аһаан,
                   Туругуран барар
                   Мастара эбит.
                      Арҕаа диэкиттэн
                   Аартыкка-суолга,
                   Айаҥҥа-сырыыга
                   Аччыктаан-сылайан,
                   Ааһан-харгыйан,
                   Алдьаарыйан-быстаран,
             1740  Адьас эстэн,
                   Ардьаччы дьүдьэйэн,
                   Арыычча салбыннаһан*,
                   Айаннаан кэлбитгэр
                   Аһаан-сиэн,
                   Астынан-тотон,
                   Атах сынньатан,
                                      45
                                   -
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54