Page 50 - Алаатыыр Ала Туйгун. 2-с үйэтэ
P. 50

Абыранан ааһар
                    Мастара буолла.
                       Хоту диэкиттэн
              1750  Курааҥҥа ылларбыт,
                    Куурбут-хаппыт,
                    Курааһы дойдутуттан
                    Хобдоҕуран-аччыктаан,
                    Холлон-дьүдьэйэн,
                    Хопчоччу көтөхтерөн,
                    Куоҕалдьыһан-иэҕэлдьиһэн кэлбиттэр
                    Үссэнэн-аһаан,
                    Үтэ-тэринэн,
                    Өллөнөн-тотон,
              1760  Хонон-өрөөн,
                    Куҥнанан ааһар
                    Мастара эбит.
                       Маны көрөн баран,
                    Алаатыыр Ала Туйгун
                    Дьиктиргии көрдө,
                    Дьиибэргии санаата,
                    Атыттан ойон түстэ.
                    Аар Луук Мае
                    Төрдүгэр тиийэн,
              1770  Атаҕын эрийэ ууран,
                    Өттүгэстин түһэн сытан,
                    Маннык бэйэлээх
                    Үтүө дойдум
                    Үллэр үөһүгэр
                    Өтөхсүйэн олорор
                    Үөскүлэҥдьоно
                    Үгүс киһитэ,
                    Таалалаан үөскээбит
                    Талыы дьахталлара,
              1780  Олохсуйан оонньообут
                    Уолан дьонноро,
                    Иитиллэн олорор
                    Эймэҥнэһэр иччилэрэ,
                    Ханна эбитий диэн,
                    Эргиччи көрө сыттаҕына,
                    Киэҥ Туоллума Эбэ хотун
                    Кэлгэлдьийбит киинигэр,
                    Тулхатыйбат томторугар,
                    Хотолдьуйбат хочотугар
                                   - 4 6 -
   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54   55