Page 223 - Неизвестное название
P. 223
Тойон Дьоҥсоруун Баай оҕонньор
Хатын Дьаҥсарыын Баай эмээхсин диэн
Дьон бааллара буолуо.
Онно тиийдэххинэ
Сэттэ былас суһуохтаах
9320 Нэлэмэн Куо диэн
Кыыстара баар буолуо.
Ол кыыһы ойох ылан
Төрөөбүт төрүт сиргэр
Күн Тэгиэримэҕэ
Ахтар Айыыһыт аргыстанан
Эдьээн Иэйиэхсит сирдьиттэнэн
Ийэ дойдугар
Эргиллэн кэлээр эрэ.
Ол кыыстыын эһиэнэ
9330 Окко түспүт оҥоһуугут,
Сиргэ түспүт сэрэбиэйгит,
Хоруоҥкаҕа кутуллубут
Куккут-сүргүт биир буолуо.
Быстах былаҕайга былдьатыма,
Ойдом оһолго оҕустарыма,
Тумул хайа саҕа,
Үрдүк тумул саҕа
Дьолуҥ тосхолуннун,
Өрөгөйүҥ үрдээтин,
9340 Саар булгунньах саҕа
Саргы-дьаалы салалыннын,
Уруй-тускул буоллун,
Уруй-айхал буоллун! — диэн баран,
Өксөкү кыыл
Кынатынан кыйда,
Дабыдалынан дайда,
Үрдүк халлаан
Өрөһөтүн диэки өрө көтөн
Үрдүк тумул саҕа
9350 Үллэйэн таҕыста.
Кыырай халлаан кырсынан,
Тэбиэ халлаан сирэйинэн,
Үрдүк халлаан
Үмүрүйэр төбөтүнэн,
Көтөн күүгүнүү турда.
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Хайа да өртүнэн
- 222 -

