Page 286 - Неизвестное название
P. 286
Сууралаан кэбистэ,
Сырҕан эһэ
11940 Анаҕаһын курдук
Сыналыйан түспүт
Сыыҥын-сыраанын
Өрүтэ сыҥмахтаан кэбистэ,
Сулбу-халбы түспүт
Таҥаһын-сабын
С ыалд ьатын - сутуру отун
Ыадалыйан саатаҕыран түспүт
Ыстаанын-олооччутун
Ыгыта-бобута харбаан,
11950 Өрүтэ баһан кэбистэ.
Үлэлээбит-хамсаабыт
Киһи быһыытынан
Өртүгүн-тараһатын имэриннэ,
Салбанан илбэнэн кэбистэ,
Саҥа саҥара
Сатаарыйа турда:
— Буойака, буойака!
Ат даҕаны
Аллаах атахтаах,
11960 Сылгы даҕаны
Сыыдам сырыылаах буолар эбит.
Аартык хотун
Аллаах аргыстара,
Суол ийэ
Дьоһуннаах доҕордоро
Тоҥоттоох суолбутун
Тута сонордоон,
Ириэнэх суолбутун
Ирдээн эккирэтэн,
11970 Тилэх баттаһан
Ситэн тиийэн,
Кэлбиккит дуу, нохолоор!
Көрдөрөн-туруоран
Көрө мэлдьэхтээх
Көтүтэр көлдьүн,
Туттаран туран
Тута балыырдаах
Түркүннээх түөкүн,
Уора тутар уомардаах,
11980 Кистии тутар кэмэлдьилээх.
- 283 -

