Page 289 - Неизвестное название
P. 289
Халыҥ бэйэлэрэ чарааһаабыт,
Хатан бэйэлэрэ уйадыйбыт.
Хабырыччы аалсыһан
12070 Кэлбит сирдэрэ
Кылгас эбит,
Барар сирдэрэ
Бадаҕа биллибэт,
Уҥуора көстүбэт,
Уһуга муҥурдаммат.
Сир-халлаан
Силбэһэр дьирбиитигэр
Тиийэ тэнийбит
Сигидийэр өрүкүйэр
12080 Тимир иһирик ойуур
Буолла быһыылаах.
Олоро түстүлэр,
Уоскуйан сынньаннылар:
— Аарт-татай оҕолоор!
Бу орто туруу дьолуо дойду
Улай дьэҥкэ киинигэр
Олохсуйан үөскээбит
Айыы хаан аймахтарын,
Алтай түөстээх
12090 Айыы далбарайдарын,
Көмүс түөстээх
Күндү күөрэгэйдэрин
Көстүбэт бөҕө күтүрдээҕэ
Биллэ мэлиппитин,
Ытаппытын-соҥоппутун
Ылан барбытын,
Эр бэртэрэ,
Элик үтүөлэрэ
Ириэнэх суолун ирдээн,
12100 Эккирэтэн барбыттара
Ирдээн булан
Илдьэ кэлиэхтэрэ диэн,
Көхсүлэрэ көһүйүөр диэри
Көрө көһүттэхтэрэ,
Кэтэхтэрэ ыалдьыар диэри
Кэлтэччи кэтэстэхтэрэ.
Онтукалара баара
Туруору үүнэн турар
Тоҥ ойууру
- 286 -

