Page 290 - Неизвестное название
P. 290

12110 Тобулу солоон,
                     Туораан тахсыбакка,
                     Толлон-чугуйан
                     Төннөн тиийдэхпитинэ,
                     Күн өркөн уустарыгар
                     Хомолтолоох кутурҕаннаах буолуо,
                     Айыы хаан аймахтарыгар
                     Аһыылаах-абалаах буолуо.
                     Кун дьонун
                     Көстүбэт бөҕөттөн
              12120 Көмүскүүр күүһэ суох
                     Көрүнньүк көҕүс дьон
                     Көппөҥнөһө сылдьаллар эбит диэн,
                     Холоонноох хоһута,
                     Тэҥнээх сэтэ,
                     Үөлээннээх үөҕүүтэ
                     Буолуохпут кэриэтэ,
                     Бу дойдуттан
                     Сүрүн быстыар диэри
                     Төннүөхпүт суоҕа,
              12130 Сойуоласпыт өйбүтүн
                     Тохтотуохпут суоҕа,
                     Атааннаах санаабытын
                     Хаһан да хаалларыахпыт суоҕа, — диэн,
                     Хадай хааннара,
                     Хардааччы сигилилэрэ
                     Хаанньары тарта,
                     Хахайдыы хаһыытаһан,
                     Хабырынан кэбистилэр.
                     Өһөс өйдөрө
              12140 Үмүрүччү тардан
                     Өксөкүлүү үргүлэһэн,
                     Өсөһөн тураннар,
                     Үлэлээбиттэрин курдук
                     Үлэлэһэн бардылар.
                     Олорон сынньаммакка,
                     Уоскуйан тохтообокко
                     Орулуур отут хонук
                     Устатын тухары
                     Удьуордаах-мөккүөрдээх
              '2150 Үлэни көрүстүлэр.
                     Өйдөнөн кэлбиттэрэ —
                     Уҥуох дьон уйадыйбыттар,
                                   - 287 -
   285   286   287   288   289   290   291   292   293   294   295