Page 294 - Неизвестное название
P. 294

Хардаҥ эһэ тэриитэ
                        Хаймыы чарапчылаах
                        Сырҕан эһэ саҕа
                        Тыс нээдирэ бэргэһэтин
                        Сэгэччи анньынан кэбистэ.
                        Саманнык диэн
                        Саҥа саҥара турбута үһү:
                           — Алаатыгар, алаатыгар!
                 12290 Аҕыс тоҕойдоох
                        Аартык айаҕар көстүбэт
                        Атаска холуйбатах атастарым,
                        Тус иннигитигэр
                        Дорообото тутуҥ!
                        Хайа дайдым
                        Хараарар хапчааныттан
                        Халты тэбинэн
                        Хааман-тиийэн кэлэҥҥит,
                        Ханнык бэйэлээх
                 12300 Хаҥыл наадаҕа
                        Харбааттаах сырыыга
                        Хаптаран түбэһэн,
                        Хаҥыл хара тыаны,
                        Хараҥа иһирик ойууру,
                        Харыгыт-сотоҕут күүһүнэн
                        Хайа солоон тахсаары,
                        Хараадыһан тураҥҥыт,
                        Харыстыгыт дуо, нохолоор?
                        Турар бэйэҕититтэн
                 12310 Толкуйдуу көрдөхпүнэ,
                        Тоҕус уон сааскытын
                        Томтойо туолан,
                        Токуруччу кырдьыаххытыгар диэри
                        Тохтообокко-уурайбакка,
                        Солообуккут да иһин
                        Бу суо хаан ойууру
                        Тобулу солоон,
                        Туоруургутун хоппотум.
                       Аҕыс уон сааскытыгар тиийэн,
                 12320 Акыччы кырдьыаххытыгар диэри
                       Аартык аһан,
                       Айанныыргытын билбэтим.
                       Албан ааккытын,
                       Дьоһун сураххытын,
                                      - 291 -
   289   290   291   292   293   294   295   296   297   298   299