Page 302 - Неизвестное название
P. 302
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Охсуһуулаах мөккүөрдээх
Оҕо Удаарын
Аттарыттан ыстанан түстүлэр.
12630 Айаҥҥа суолга
Аччыктаан-хоргуйан,
Ааһан -туорхаһыйан,
Кэлбит дьон
Аартыкка көрсүбүт
Атаспыт барахсан
Бултаан-алтаан,
Булан-талан,
Буһурутан - иһиритэн,
Астаан-үөллээн тоһуйдаҕа
12640 Абыралын көрбөккүт дэсиһэн,
Аһаан-сиэн
Амырытан бардылар.
Сулустан туллан түспүт
Салыҥ Кулахай обургу
Саргы сатыы сордоон
Суолга быстаран,
Токуруччу тоҥон,
Тортуйдаҕа буолуо диэбиттэрэ —
Салыҥ Кулахай обургу
12650 Чугас соҕус тута баттаһан,
Саппай тардыһан испит эбит.
Тилэх баттаһа тиийэн кэллэ.
Эһэлии эппэҥнээн,
Бөрөлүү бөтүөхтээн,
Айаҕын атан,
Аҕыл аан - мэҥил ээн,
Айаннаан кэлэн,
Сүүрбүт омунугар
Тууспаннаах отуу уотугар
12660 Төбөтүн оройунан
Дьөлө хойуостана түстэ,
Үстэ-түөртэ төкүнүйдэ,
Уолуйан-соһуйан
Урбачыйан ойон турда.
Өлүүтүттэн матаары
Өрүһүспүт курдук
Үтэһэлээх тайаҕын
Үрдүгэр түһэн,
- 299 -

