Page 304 - Неизвестное название
P. 304

Тыл кэпсии турда:
                           — Алаатыгар, алаатыгар!
                        Аҕыс тоҕойдоох
                        Аартык хотуҥҥа көрсүбүт
                        Албаннаахай атастарыам,
                        Тоҕус тоҕойдоох
                        Суол ийэҕэ көрсүбүт
                        Дьоһуннаах доҕотторуом,
                 12720 Суол дьоно тохтуоххут дуо,
                        Айан дьоно
                        Аралдьыйыаххыт дуо?
                        Айан гиэнэ ахсыма,
                        Сырыы гиэнэ сындалҕаннааҕа,
                        Эккирэтии гиэнэ
                        Эргиирдээҕэ-мускуурдааҕа
                        Иннигитигэр турара буолуо,
                        Ханнык бэйэлээх
                        Эр бэртэрэ
                 12730 Элик үтүөлэрэ эбиккитий?
                        Холуҥҥутун тардыныҥ,
                        Дьиримҥитин тэҥниэҥ.
                        Ол куотар бөҕө кубулҕаттааҕын
                        Аҥардам бухатыыры
                        Эккирэтэн иһэр эбиккит.
                        Ол күтүр
                        Аартыгын астарбат,
                        Суолун булларбат,
                        Күлүгүн көрдөрбөт,
                 12740 Көрдөрөн туруоран
                        Көстө көтүтэр,
                        Туттаран туруоран
                        Тута мэлдьэхтээх
                        Көстүбэт бөҕө
                        Күтүрдээҕэ буолуо.
                        Ол обургу дьаалы
                        Ыыра ырааппыта буолуо,
                        Суола уһаабыта буолуо.
                        Тоҥоттоох суолун тордоһон,
                 12750 Өксүөннээх суолун өҥнөһөн,
                        Кыраһалаах суолун кынчайан,
                        Хайа эмэ
                        Хайыр таас хаптаҕайдарыттан,
                        Сир сиксигиттэн

                                       - 301 -
   299   300   301   302   303   304   305   306   307   308   309