Page 325 - Неизвестное название
P. 325
Үтүөтүн-өҥөтүн
Үйэттэн үйэ тухары
Умнубакка-хаалларбакка,
Олоҥхо-номох оҥостуутугар
Кэнэҕэски дьоннор
13620 Кэпсээн-хоһоон гыныыһылар.
Айыы хаан аймахтара
Албан аатын ааттааннар,
Дьоһун сураҕын сураҕыртыннар,
Ийэ дойдубар эргиллэн,
Иэримэ дьиэбэр кэлэн,
Ийэлээх аҕабын көрсөн,
Күнүм дьонун көрсүһэн,
Көхсүм кэҥээтэ,
Хараҕым сырдаата.
13630 Уруй-тускул буоллун,
Уруй-айхал буоллун!
Оҕонньордоох эмээхсин
Оҕолорун утары
Кууһан туран,
Утахтарын ханнаран
Омуннарын тохтотон,
Уохтара харыар тухары
Уураан-сыллаан,
Уоскуйан-намырыйан,
13640 Уурайан тохтоотулар.
Ыас-хараҥа түүн курдук
Ыга баттаабыт
Ыар аһыылаах
Ыарахан санаалара
Хара былыт курдук халбарыйан,
Халлааннара сырдаан,
Күннэрэ тахсан,
Күөрэгэйдэрэ ыллаан,
Көхсүлэрэ кэҥээтэ.
13650 Саҥалара дьэҥкэрдэ,
Саргылара салалынна.
Уруйдаан-айхаллаан,
Аҕыс кыыс дьахтар арыалдьыттаах,
Тоҕус уолан киһи дьоһуолдьуттаах
Иэримэ дьиэлэригэр,
Аан алаһаларыгар
Кэкэ чуордарыгар киллэрэн,
- 322

