Page 337 - Неизвестное название
P. 337
Аан дархан
Андаҕарда андаҕайыҥ!
Оччоҕо буоллаҕына
Мин оҕом
Сэттэ былас суһуохтаах
Нэлэмэн Куо
Сиргэ түспүт сэрибиэйэ,
Окко түспүт оҥоһуута
Хайаҕытыгар түбэһэрэ
14140 Быһаарыллыа этэ, — диэтэ.
Оҕонньор киһи
Инньэ диирин кытта
Түөрт дуолан бухатыырдар
Оҕонньор сүбэтин
Сөрү диэн сөбүлээтилэр,
Бэри диэн биһирээтилэр,
Тойон баадай сэргэ төрдүгэр
Түөрт өртүгэр
Сөһүргэстээн олорон,
14150 Батыйаларын уһугун сиргэ
Батары анньан,
Сүүстэринэн таҥнары
Тайахтанан олордулар.
Аан-дарханнык
Андаҕайан бардылар:
— Субу туналҕаннаах
Тусаһа ортотугар,
Тойон баадай сэргэтин төрдүгэр
Тонолуйбат тойугу
14160 Туойдахпыт буоллун,
Кэһиллибэт-хаалбат кэс тылы
Эттэхпит буоллун.
Бу сир ийэм
Сиркэдийэр сиксигэр,
Халлаан ийэ хабырыйан түһэр
Нэлэһийэр улаҕатыгар,
Анысханнаах алын таһаатыгар,
Үс дойду
Үтүмэн күүстээхтэрэ,
14170 Мөккүөрдээх санаалаахтара
Дэгиттэр күүһүнэн
Кытаанах ойоҕосторунан кыһарыспыт,
Нөрүөннээх түөстэринэн
- 334 -

