Page 356 - Неизвестное название
P. 356

Умсары садьыйан кэбистэ.
                    Салыҥ Кулахай обургу
             14950 Киһи эрэ буоллар
                    Кураанаҕы кууста,
                    Халтайы харбаата,
                    Ыйдаҥаны ытыста,
                    Сыыһа тутан,
                    Сүһүөҕэ мөҕөн,
                    Атаҕа адаарыйбытынан
                    Уллуҥаҕа хараарбытынан
                    Өлүү Сөгүдү байҕал
                    Үллэр өрөһөтүгэр,
             14960 Өһөҕүрэр долгунугар
                    Үстэ-түөртэ
                    Халыахтаан тиийэн,
                    Төбөтүн оройунан
                    Кур гына түстэ.
                       Били гынарын кытта
                    Хамсыыры харамайы хаалларбакка,
                    Хара күлүктээҕи ордорбокко.
                    Тыыппыты тыыннахтыы ыйыстар,
                    Түспүтү төбөтүттэн уобар
             14970 Сойуолаах соллоҥноро,
                    Дэгиэлээх тиистээхтэрэ,
                    Мэҥиэстэр бэлэстээхтэрэ,
                    Амырыын айахтаахтара
                    Буор булгунньах саҕа
                    Мустан бүгүллэхтэһэн,
                    Үрдүк тумул саҕа
                    Үрдүгэр саба түһэн,
                    Үрүтүн үөһэ
                    Үллэҥнэһэ түстүлэр.
             14980 Ону көрөн турдаҕына
                    Уол оҕо барахсан
                    Мүччүргэннээх сырыытын
                    Муҥур уһуга
                    Муҥутуур чыпчаала
                    Бу дойдуга буолар эбит.
                    Ону санаан баран
                    Уҥуоҕа кыйда,
                    Куйахата күүрдэ,
                    Этэ саласта,
             14990 Иэнэ кэдэрийдэ,
                                   - 353 -
   351   352   353   354   355   356   357   358   359   360   361