Page 360 - Неизвестное название
P. 360

15120 Оҕо Ньургустай диэн
                   Балыстаах этим.
                   Ону кытта
                   Хол-буут курдук холбоһон,
                   Хоонньуга сытар
                   Холоонноох доҕордуу
                   Буоларгыт эбитэ буоллар,
                   Батыйа биитин курдук
                   Барааска майгылаах,
                   Сүгэ-балта курдук
            15130 Сөптөөх дьон
                   Түбэһистилэр диэн,
                   Сүрэҕим үөрүө,
                   Санаам табыллыа этэ,
                   Ону туох дииргин
                   Эппиэттээ эрэ,
                   Нойон киһиэ, — диэтэ.
                      Онуоха буоллаҕына
                   Оҕо Удаарын
                   Сөрү диэн сөбүлээтэ,
            15140 Бэркэ диэн биһирээтэ,
                   Эппитин этэ,
                   Тыл хард ара турда:
                      — Дьиэ буо, дьиэ буо!
                   Үтүө сүбэҕин сөбүлээтим,
                   Кэскиллээх этиигин кэрэхсээтим.
                   Эппит тылыҥ
                   Ис сүрэхпэр,
                   Итии хааммар
                   Истиҥник-минньигэстик
            15150 Иэйэн-куойан,
                   Этим сааһынан
                   Иҥэн киирдэ.
                   Саҥарбыт саҥаҥ
                   Саныыр санаабын
                   Таба таайан
                   Сайаҕас дьэҥкэтик
                   Сайа охсон
                   Санаабын көтөҕөн,
                   Сэргэхсийэн үөрдүм.
            15160 Сириэдийэн олорор
                   Сиргит ханнаный,
                   Аатын ааттаа,
                                  - 357
   355   356   357   358   359   360   361   362   363   364   365