Page 361 - Неизвестное название
P. 361
Суолун тосхой, — диэтэ.
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Саманник диэн
Саҥалаах иҥэлээх
Буола турда:
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Сириэдийбит сирбитин,
15170 Олорор ордуубутун,
Ыырдаммыт ыллыкпытын
Ыйдаран-хайдаран,
Ыйытар буоллаххына,
Ичигэс салгын тыыннаах,
Итии куйаас аргыстаах,
Илбиргэстээх симэхтээх,
Эдьээн Иэйэхситтээх
Илин халлаан эргичийэр иитин
Арыый бэтэрээ өттүгэр
15180 Киирбэт куннээх,
Саппаҕырбыт сандаар
Маҕан халлааннаах
Үгүс мөгүллүөлээх,
Элбэх хаҥыллыалаах,
Күн Тэгиэримэ диэн
Сир гиэнэ киинэ сиргэ,
Дойду гиэнэ долгурата дойдуга
Олохсуйан үөскээбит
Уолуйан уһуктар
15190 Уор Дьаҕыл оҕонньор,
Кыыдыйан уһуктар
Кыыр Дьаҕыл эмээхсин диэн бааллар.
Олор кыыстара
Кылааннаах өргөстөөх
Кыыс Ньургун бухатыыр диэн баар,
Ол оҕото
Араҕас сиэр аттаах
Алаатыыр Ала Туйгун
Бухатыыр диэн баар,
15200 Ол оҕото
Солоҥдо тураҕас аттаах
Тустуулаах Дьуруо Бөҕө диэн
Мин буоллаҕым дии.
Тыллаах-өстөөх
Чычыгыр-чуоҕур аттаах
- 358 -

