Page 363 - Неизвестное название
P. 363

Ураҕас тиийбэт
                 15250 Уйгулаах ыһыаҕы
                        Оҥоруо этибит, нохоо,
                        Ону өйдүө эрэ!
                           Ол гынан баран
                        Атын тэһиинин
                        Тус илин диэки
                        Салайа тардан кэбистэ.
                        Чиҥник дыбылыйда
                        Омуннаахтык уостуганнаата,
                        Тэтиэнэхтик тэһииннээтэ,
                 15260 Солоҥдо тураҕас ат барахсан
                        Чучурааннык туттан,
                        Халыаннык хамнанан,
                        Аллаахтык айаннаан,
                        Уурдаран - оҕустаран,
                        Дьабыдыйан-дьалкытан,
                        Киирэн бара турда.
                        Сир ийэ
                        Тэрээх илими
                        Тиирэ тарпыт курдук
                 15270 Дьэргэйэн-элэҥнээн
                        Сыыйыллан-сыдьаайданан истэ.
                        Аан дойдутун
                        Аарыма таһаата
                        Тараах тииһин курдук
                        Таҥнары сараадыйан,
                        Айгыстан-аарыгыран
                        Ааһан истэ.
                        Өр да, өтөр да
                        Айаннаабытын билбэтэ.
                 15280 Тойон Дьоҥсоруун Баай оҕонньор,
                        Хотун Дьаҥсарыын Баай эмээхсин
                        Сириэдийэн олорор
                        Сирдэрэ-дойдулара
                        Чугаһаата бадахтаах.
                           Кыталыктаах Кыйаадыма Эбэ хотуҥҥа
                        Олохсуйан үөскээбит
                        Үгүс мөҕүллүө
                        Элбэх ханыылаах
                        Күн өркөн уустара,
                 15290 Айыы хаан аймахтара
                        Күтүөт оҕо кэлиэ диэннэр,
                                       - 360 -
   358   359   360   361   362   363   364   365   366   367   368