Page 362 - Неизвестное название
P. 362
Нарын Ньургустай диэн
Ийэлээх этибит.
Онно тиийдэххинэ,
Оттон мин
15210 Сэттэ был ас суһуохтаах
Нэлэмэн Куону
Сүгүннэрэн-боҕуннаран тиийдэхпинэ,
Утарыта көрсөн
Уруйдаһан-айхаллаһан,
Уруу-ыһыах тэрийиэ этибит.
Ол гынан баран
Силээхтэ өйдөөх,
Чэнчис быһыылаах,
Сиэдэрэй майгылаах,
15220 Кыстык тэтэркэй имнээх
Кырасыабай кыыс оҕоҕо
Сатаҕайдык таҥнан,
Сүөргүтүк туттан,
Түлээх-илээх тиийэҥҥин
Сөп көстүмүнэ,
Сирдэрэн кэбиһэҥҥин
Ситиһиитэ суох
Сир-буор сирэйдэнэн,
Дьиэҕэр төннөҥҥүн,
15230 Тэҥнээх сииһитэ,
Холоонноох хоһута,
Үөлээннээх үөҕүүтэ
Буолан хаалаайыккыный.
Күтүөт киһи быһыытынан
Күөгэччи-нусхаччы таҥнан,
Көнөтүк дьураччы хааман,
Көрсүөтүк-сэмэйдик туттан,
Күөкэйэн тиийэн,
Көрсүһэн көрөөр.
15240 Дьүһүҥҥүтүн сөбүлэһэн,
Санааҕытын тапсан,
Бэйэҕитин биһирэһэн,
Хол-буут курдук
Холбоһон-кыттыһан,
Хоонньуга сытар
Холоонноох доҕордуу
Буоларыҥ буоллар,
Икки урууну бииргэ тэрийэн
- 359 -

