Page 364 - Неизвестное название
P. 364

Урууга-ыһыахха оҥостон,
                    Түөлбэ-түһүлгэ бэлэмнээн,
                    Тоҕой сэлэ тардан,
                    Аан чэчир анньан,
                    Оноҕос курдук оҥостон,
                    Ситэри тэринэн,
                    Толору тупсарынан
                    Тумул аайы тоһуйсуһан,
             15300 Булгунньах аайы мустан,
                    Томтор аайы чуоҕуран,
                    Аттаах айыы уола кыайан-хотон,
                    Айаннатан-астаран кэлэрэ буоллар
                    Өрөгөйбүт үрдүө
                    Саргыбыт салаллыа этэ.
                    Адьарай бөҕө кыайан
                    Адалыйан кэллэҕинэ,
                    Алдьархай аана аһыллара буолуо.
                    Үөрүү-көтүү өрөгөйдүүрэ дуу,
             15310 Куттал-хомолто кууһара дуу?
                    Хайата да биллибэт буолан,
                    Сүрэхтэрэ ньиллиргэччи тэбэн,
                    Сүһүөхтэрэ халыгыраччы хамсаан,
                    Атахтара сири билбэт буолан,
                    Харахтара уоттанан,
                    Хааннара оонньоон,
                    Көрө көһүтэн,
                    Кэлтэччи кэтэһэн тураллар эбит.
                       Ол турдахтарына
             15320 Кыталыктаах Кыйаадыма Эбэ хотун
                    Арҕаа мындаатыттан
                    Адьырҕа кыылым
                    Арҕаһын түүтүн
                    Адаарыппытын курдук,
                    Аарыма сис тыатыттан
                    Салгыы үтэн киирбит
                    Харсыылаах атыыр оҕустар
                    Хардарыта анньыһан
                    Туралларын курдук,
             15330 Хаччаҕай маҥаас тумуллар
                    Хаҥас иэдэстэрин диэкиттэн
                    Аас маҕан
                    Атыыр сылгы
                    Ардайдаах сиэлин
                                   - 361 -
   359   360   361   362   363   364   365   366   367   368   369