Page 368 - Неизвестное название
P. 368
Туттарыҥ эрэ.
Суол дьоно
Суолбутугар туруо этибит,
Айан дьоно
Аартыкпытын арыйан,
Айанныа этибит,
15470 Дьиэттэн турбут тэйдэ,
Аантан-тиэргэнтэн
Тэлэһийбит ыраатта,
Айан тардылынна,
Сырыы бытаарда,
Суол-иис уһаата,
Дьиэлээх киһи
Дьиэтигэр тиийэр кэмэ буолла.
Ийэлээх-аҕалаах киһи
Ийэтигэр-аҕатыгар
15480 Эргийэр кэмэ кэллэ.
Үгүс көтөх,
Элбэх өйүө-сэтии
Биһиэхэ наадата суох,
Сыспай сиэллээх
Сылайан-сындалыйан
Сытыганнаан тиийэр
Сындалҕаннаах уһун
Сырыы буолуо,
Атырдьах туйахтаах
15490 Ыран -быстан
Аара хаалар
Ыраах дойду буолуо.
Сулумах бэйэбит эрэ
Судургу-быһаччы
Суолбутун тутан,
Сулбу-халбы айаннаан,
Дьоммут-сэргэбит
Тоҕуоруһан олорор
Дьоллоох дьөһөгөйдөөх
15500 Толуу маҕан дойдутугар
Сотору тиийиэ этибит.
Уһун урууларбыт,
Араан аймахтарбыт,
Күргүөм билэ дьоммут
Көрө көһүтэн,
Күүстэрэ быстан,
- 365 -

