Page 394 - Неизвестное название
P. 394

Үс бохсуулаах,
                  Төбөтүнэн айахтаах
                  Кудулу муус
                  Кудан ньээкэй
                  Ороҕостор ордуу
                  Төбөтүн оройугар
                  Ойон тахсан
                  Аҥардам бухатыыр
           16590 Умсары өҥөйөн туран,
                  Таныытын тар оҥкучаҕын саҕа
                  Тартатыаҕынан тартатан баран,
                  Таҥнары сытырҕалаан эрэр эбит.
                     Ону көрөн
                  Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                  Бу баҕайы туту булан,
                  Дьүһүлэннэҕэй диэн,
                  Ыстанан тахсан,
                  Муус кудулу дьиэ
            16600 Төбөтүн оройунан
                  Дьөлөркөй үөдэн буолбут
                   Үөлэһин үүтүнэн
                  Өҥөс гынан көрбүтэ —
                   Көрбүтүн эрэ уобар
                   Күөнтэ Хара бухатыыр
                  Дьиэтин ортотугар сигидийэн,
                  Оһоҕун иитигэр орҕостон,
                  Холумтанын аттыгар
                  Таҥнары тайахтанан,
            16610 Умсары буугунаан,
                  Утуйан хаалбыт эбит.
              « Баттаҕа диэтэх
                   Балаҕайын үрдүгэр
                   Барамньы тииһин курдук
                   Батарыта үүммүт,
                   Бадаардаах сыгынах саҕа
                   Бадьыр хара атаҕынан
                   Сототун ортотугар диэри
                  Тобулу тирэммит,
            16620 Буордаах хоппо саҕа
                  Уорай дапсыыр
                   Ытыһын ортотуттан
                   Өтөрүтэ үүнэн тахсыбыт,
                   Сордоҥ балык курдук
                                 - 391 -
   389   390   391   392   393   394   395   396   397   398   399