Page 412 - Неизвестное название
P. 412

Биир суол бэгийэр бэртэрин,
                      Дуолан бухатыырдарын
                      Боҕутуннарар күнүм
                      Буолтун кэннэ,
               17360 Бу аар акаары
                      Аҥардам бухатыыр
                      Айыыга көмөлөһөн,
                      Абааһы абааһыны аһайбытын
                      Эйигин эрэ биллэҕим,
                      Көстүбэт көстүбэтин көмүллээччини
                      Эйиигин эрэ көрдөҕүм.
                      Суо-хаан сураҕым*
                      Сууллар күнэ буолла,
                      Албан дьаалы аатым
               17370 Алдьанар кэмэ кэллэ.
                      Өлөр күн үтүрүйдэ,
                      Хаалар күн хабырыйда.
                      Бу төгүрүйдэр
                      Төгүрүмтэтэ биллибэт,
                      Түстэр түгэҕин булларбат
                      Улуу тумара байҕал
                      Иэнигийэр иччитэ буолбут
                      Таҥнары Сатыылай Удаҕан диэн
                      Балыстаах этим.
               17380 Ыраах да буолларгын
                      Суһаллык чугаһаа,
                      Үрдүк да буолларгын
                      Түргэнник түс,
                      Дириҥ да буолларгын
                      Тиэтэллик тахса тарт, — диэтэ.
                         Инньэ диирин кытта
                      Этиэх түргэнэ
                      Икки бухатыыр
                      Инниттэн-кэнниттэн
               17390 Иэмэх талах курдук
                      Ибили эрийэн,
                      Бурут хорҕолдьун курдук
                      Булгу мускуйан,
                      Тоноҕоһун уҥуоҕун
                      Тосту сөрөөн,
                      Сиһин үөһүн
                      Быһа тардан,
                      Суоһар абааһыны
                                     - 409
   407   408   409   410   411   412   413   414   415   416   417