Page 421 - Неизвестное название
P. 421
Хоһооно-эгэлгэтэ
17830 Маннык буолла:
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Бу киэҥ тумара байҕал
Иэнигийэр иччитэ буолбут
Таҥнары Сатыылай удаҕан
Этэр тылым эгэлгэтин
Истэн турууй эрэ!
Эн диэтэх киһи
Уҥуоҕуҥ көнөтүнэн,
Дьүһүнүҥ үтүөтүнэн,
17840 Туналҕаннаах ньуургунан,
Дьоһун сураҕырбытыҥ,
Албан аатырбытыҥ,
Үс аат дойдуга
Үгүстүк үөдүйбүтэ.
Ол иһин даҕаны
Үөһээ дойду
Үс биис ууһун
Киҥкиниир киэҥ халлааным
Чинэрийэр кинээстэрэ,
17850 Улуутуйан турар
Улуу тойотторо,
Эн диэтэх киһиэхэ
Тэгил дойдуттан
Тэҥнээххин булан тиксэрээри,
Сүөл дойдуттан
Сөптөөххүн булан түбэһиннэрээри,
Аллараа дойду
Ааттаах атамааттарын
Ардьалатан таһаараннар,
17860 Үөһээ дойду
Нүһэр бөҕөлөрүн
Үмүөрүтэн тураннар,
Орто дойду
Дуолан бухатыырдарын
Тоҕуорутан тураннар,
Тарбахтарынан талан,
Сөмүйэлэринэн сүүмэрдээн,
Бэгийэр бэртэриттэн,
Үтүө бөҕөстөрүттэн
17870 Өтүмэх устата
Үрдүк үтүөлэрин,
- 420 -

