Page 426 - Неизвестное название
P. 426

Ыытыһан кэбистилэр.
                       Били гыналларын кытта
                    Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
                    Саманнык диэн
                    Саҥа саҥара турдаҕа:
                       — Дьиэ буо, дьиэ буо!
             18050 Бу икки дойду
                    Бэгийэр бэртэрэ,
                    Албан ааттаахтара,
                    Дьоһун сурахтаахтара,
                    Улуу дойду
                    Уһулуччулаах туйгуттарын
                    Уоллаах кыыһым
                    Сүрэхтиин сөбүлэһэн,
                    Санааҕыт табыллан,
                    Хоонньуга сытар
             18060 Холоонноох доҕордуу буолан,
                    Хол-буут холбоспуккут туһунан
                    Үс аан дойдуга
                    Үөрүүлээх сураҕы
                    Үтүө сонун быһыытынан
                    Үгүс дьоҥҥо
                    Үллэрэн кэпсиэм.
                    Үөһээ-аллараа дойдулар
                    Үөрэн-көтөн
                    Малааһыны тэрийиэхтэрэ,
             18070 Орто дойдулар
                    Уйгулаах урууну
                    Оҥорон уруйдуохтара,
                    Ытык ыһыаҕын ыһыахтара.
                    Мин эмиэ'
                    Эһиги курдук
                    Тэгил дойдуттан
                    Тэҥнээхпин буламмын,
                    Суол дойдуттан
                    Сөптөөхпөр түбэһэммин,
             18080 Сэттэ былас суһуохтаах
                    Нэлэмэн Куо диэн,
                    Сэгэттэй бэйэлээх дьахтары
                    Сүгүннэрэн боҕуннаран иһэммин,
                    Былаҕайга былдьаттым,
                    Кулаҕайга куоттардым.
                    Хайа дойду
                                  - 425 -
   421   422   423   424   425   426   427   428   429   430   431