Page 427 - Неизвестное название
P. 427
Хапчааныгар хаптарбытын
Туох дойду
Туманыгар муммутун
18090 Эһиги диэтэх дьон
Көрбүөччү харахтаах,
Сытымсах муруннаах,
Чуор кулгаахтаах
Истигэн эриэккэстэрэ,
Билигэс бэртэрэ,
Көрүгэс үтүөлэрэ,
Эһиги бэйэлээхтэр
Ыйан-кэрдэн, булан-талан,
Үтүөнү үтүөнэн төлөөн,
18100 Суоллаһаргыт буоллар,
Үчүгэй буолуо эбит.
Буойака! — диэтэ.
Инньэ диирин кытта
Абааһы уоллаах кыыһа
Айахтарын атан
Алларастаһа түстүлэр:
— Кырдьыга даҕаны
Биһиги диэтэх дьон
Сири сиксигиттэн даҕаны ситэр,
18110 Халлаан улаҕатыттан даҕаны харбыыр,
Муора түгэҕиттэн даҕаны булар,
Тимирбити да дагдатар,
Умсубуту да күөрэтэр,
Көппүтү да түһэрэр,
Куоппуту да тутар
Куотар бөҕө кубулҕаттаах,
Ааһар бөҕө албастаах,
Атамааттар буолабыт.
Сибилигин аҕай
18120 Сиргэ тимирбити
Сиһилии билиэхпит,
Үөһээ көппүтү
Өтөрү көрүөхпүт,
Орто дойдуга буоллаҕына
Онолун булуохпут, — диэтилэр да,
Моойдоох бастарын
Үөһээ дойду диэки
Үс былас холобурдаах
Уһатан куохаттылар.
- 426

