Page 432 - Неизвестное название
P. 432

Бу киэҥ
                     Тумара байҕал
                     Кэтит киэлитигэр,
                     Дириҥ сиксигэр,
                     Кулгаахтаах бөҕө истибэтэх,
                     Харахтаах бөҕө көрбөтөх,
                     Хамсыырын харамайын,
                     Тыынар тыыннааҕын
              18310 Ардай аһыылаах
                     Амырыын баһылыга,
                     Дэгиэлээх тиистээх
                     Симэҕин гиэнэ диэлимэрэ,
                     Сойуо тиистээх
                     Торҕон-соллоҥ
                     Тойонноро буолбут
                     Үс өлөр өлүү
                     Луо хара
                     Балыктар бааллар эбит,
              18320 Ол балыктан биирдэһин
                     Халыҥ киппэ
                     Хайыытын иһигэр
                     Нэлэмэн Куону
                     Үрүҥ көмүс өҥнөөх
                     Күндү таас көлөөскө оҥорон,
                     Кыбытан кистээн баран,
                     Бэйэтэ буоллаҕына
                     Бу аарыма байҕал
                     Арҕаа мындаатыгар
              18330 Аҕыс атахтаах
                     Ат баҕа буолан,
                     Утуйа сытар эбит.
                     Ону туох бэйэлээх
                     Ааһар албаһынан,
                     Куотар бөҕө кубулҕатынан
                     Булан-талан
                     Тахсыай, доҕоттоор?
                     Этэ тардыҥ,
                     Эппиэтии охсуҥ, — диэтэ.
              18340 Инньэ диирин кытта
                     Абааһы кыыһа
                     Айаҕын атан
                     Алларастыы түстэ:
                        — Алаатыгар, алаатыгар,
                                    - 431 -
   427   428   429   430   431   432   433   434   435   436   437