Page 454 - Неизвестное название
P. 454

Мэҥэстэн бараннар,
                     Силлиһэ сирдэринэн
                     Сиэллэрэн дэгэтэн,
                     Субуруччу толооннорунан
                     Дьоруолатан дугутан,
                     Арҕара алаастарынан
              19340 Айаннатан ааһан истилэр.
                     Өр-өтөр буолбатылар
                     Киирбэт килбиэн
                     Маҕан күннээх
                     Саппаҕырбат-өлбөөдүйбэт
                     Сандаар маҕан халлааннаах,
                     Үгүс мөгүллүөлээх,
                     Элбэх хаҥыллыалаах
                     Эдьээн Иэйэхсит
                     Илэ-бодо иэнигийбит,
              19350 Ахтар Айыыһыт
                     Анаан-минээн
                     Айгыстан ахталыйбыт,
                     Дьөһөгөй айыы
                     Дьүөрэлэһэн төлкөлөммүт
                     Күн Тэгиэримэ Эбэ хотун
                     Килэдийэр киининэн,
                     Дьогдьойор саалынан,
                     Туналыйар ньуурунан,
                     Туйгутуур уорҕатынан,
              19360 Таалалыыр саһыл хонуутунан,
                     Ньалҕарыйар таманынан,
                     Быладыйар быттыгынан,
                     Куладыйар хонноҕунан,
                     Күрүлүүр көмөгөйүнэн,
                     Көй киининэн,
                     Көмүс үргүнньэҕинэн,
                     Кураҕаччы сүүрэр хонуутунан,
                     Уһун уорҕатынан,
                     Орто курбуһаҕынан
              19370 Улуу ураанньыгын устун
                     Симиирдээх кымыһы
                     Дьалкыппат гына,
                     Сиэллэрэн-дэгэтэн
                     Хамыйахтаах арыыны
                     Хамсаппат гына
                     Дьоруолатан дугутан,
                                    - 455 -
   449   450   451   452   453   454   455   456   457   458   459