Page 455 - Неизвестное название
P. 455

Иэримэ дьиэлэрин
                          Аан алаһаларын,
                          Кэтит ордууларын,
                   19380 Кэкэ чуордарын,
                          Киэҥ тиэргэттэрин
                          Тиэрийэн үөскээбит
                          Тэлгэһэтин иһигэр
                          Тиийэн КЭЛ эн,
                          Тоҕус туллук кыылым
                          Тохтообокко дьурулуу сүүрэр
                          Дьоруо атым
                          Таба дугунан ааспат
                          Дьулусханнаах дьолуо маҕан
                   19390 Тусаһатын ортотугар
                          Айыылаах киһи
                          Аттыгар барбат,
                          Буруйдаах киһи
                          Букатын чугаһаабат,
                          Үрдүгэр өксөкүлээх,
                          Үс моонньохтоох,
                          Сиэллээх дэйбиирдээх,
                          Тойон баадай
                          Сэргэлэрин төрдүгэр
                   19400 Чугурус гына
                          Тохтуу түстүлэр.
                          Аттарыттан түһэн
                          Акымалларыттан ылсыһан,
                          Сиэттиһэн-кэккэлэһэн,
                          Дьиэлэрин диэки
                          Эргиллэн хайыһан,
                          Эмдэй-сэмдэй
                          Хаамсан эрдэхтэринэ,
                          Дьиэ иһиттэн
                   19410 Тэтиэнэх киһи
                          Нэһиилэ сэгитэн тахсар
                          Дьиппиэн хара халҕаннарын
                          Тэлэйэ баттаан
                          Ийэлэрэ тыллаах-өстөөх
                          Чычыгыр чуоҕур аттаах
                          Нарын Ньургустай,
                          Эбэлэрэ кылааннаах өргөстөөх
                          Күүстээх-уохтаах
                          Кыыс Ньургун бухатыыр
                                           456 -
   450   451   452   453   454   455   456   457   458   459   460