Page 457 - Неизвестное название
P. 457
Уруйдуу-айхаллыы
Тоһуйдахпыт буоллун!
Айыллан үөскээбит
Аан дайдыгыт
Арылыас кус саҕа
Ахтар Айыыһыт
Акымалгытыттан ылсыһан,
19470 Айхаллыы тоһуйдун,
Иитиллэн үөскээбит
Ийэ сиргитигэр
Эрдэҕэс улар саҕа
Эдьэҥ Иэйэхсиккит
Илиигититтэн сиэттиһэн,
Илэ-бодо
Иэнигийэ тоһуйдун,
Уруй-туску буоллун,
Уруй-айхал буоллун! — диэтэ.
19480 Ол кэнниттэн
Тыллаах-өстөөх
Чычыгыр чуоҕур аттаах
Нарын Ньургустай
Убул-субул тыынна,
Утуу-субуу
Саҥа саҥара турбута
Хоһоонун эгэлгэтэ
Маннык буолла:
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
19490 Тустуулаах Дьуруо Бөҕө
Күҥҥэ төрөөн булбут
Көмүс сымыытым,
Күндү кэрэ
Күөрэгэйим оҕотоо,
Этэр тылым эгэлгэтин
Истэн тур эрэ!
Бу сир ийэ
Сириэдийэр сиксигэр,
Орто дойду
19500 Уораһыйар улаҕатыгар,
Арҕаа халлаан
Анысханнаах салгыннаах
Алын сиксигин
Арыый бэтэрээ өртүгэр
Тимирбит дагдайбатах,
- 458 -

