Page 459 - Неизвестное название
P. 459
Олох тэриммиккит,
19550 Уруй-айхал буоллун,
Уруй-туску буоллун! — диэтэ.
Ол турдахтарына
Дорҕоонноох туйах тыаһа дуораһыйда,
Ньиргиэрдээх тиҥилэх тыаһа ньиргийдэ.
Сирдиин титирэстээтэ,
Халлаанныын хабырытынна,
Салгынныын сатараата,
Уулуун долгуһуйда.
Өр-өтөр буолбата,
19560 Көрөн баран чыпчылыйыах
Бэтэрээ өртүгэр,
Этэн баран эҕирийиэх
Ис кырыытыгар
Аллаах айаннаах
Ахсым сырыылаах
Араҕас сиэр ат барахсан
Айаннаан - астаран,
Уурдаран -оҕустаран,
Дьабыдьытан дьалкытан кэлэн,
19570 Тусаһатын ортотугар,
Тойон баадай
Сэргэтин төрдүгэр
Солоҥдо тураҕас ат
Тус иннигэр кэлэн,
Тумул хайа саҕа
Туолла түстэ.
Алаатыыр Ала Туйгун
Атыттан ыстанан түһэн,
Бадьыр-идьир үктэнэн,
19580 Байыт-сайыт дайбаан,
Ниһир-наһыр тэбинэн,
Тиийэн кэлэн
Уоллаах кийиитин
Утары көрсүһэн,
Дорообо тутуһан,
Кини диэтэх киһи
Өрүөбүт уоһун өһүлэн,
Хоммут уоһун хомуран,
Тыл кэпсии
19590 Өс тобула турбут
Хоһооно-эгэлгэтэ маннык буолла:
- 460

