Page 460 - Неизвестное название
P. 460
— Дьиэ буо, дьиэ буо!
Урут бастаан
Уйалаан биһиктээн,
Оҕолоон бүөбэйдээн,
Улаатыннаран ииппит
Улахан бэйэлээх
Уолум барахсан,
Хара быарбыттан
19600 Хараастан саҥарбыт
Хаарыан тылбын
Хаалларбатах эбиккин.
Ис сүрэхпиттэн
Иэйэн туран
Эппит тылбын,
Сүдү сүбэбин
Сүтэрбэтэх эбиккин.
Бу сэттэ былас суһуохтаах
Нэлэмэн Куону
19610 Тэллэххэ сытар тэҥнээх
Доҕор оҥостон,
Ситиһэн-хотуһан
Тиийэн кэлбиккинэн
Уруйдуу-айхалл ыы,
Дьоллоох Дьөһөгөй төлкөлөнөн
Тоһуйдахпыт буоллун!
Оҕобун умсулҕаннаах ньуурдаах
Оҕо Ньургустайы
Эн ыйан кэрдэн ыыппыт
19620 Улаан сиэр аттаах,
Охсуһуулаах мөккүөрдээх
Оҕо Удаарын бухатыыры кытта
Хоонньуга сытар
Холоонноох доҕордуу оҥорон,
Алгыстаах айыыһыттаах
Аан ийэ сирдэригэр
Аргыстаһан илдьэн,
Алаһа дьиэни араҥаччылаан,
Умуллубат уоту оттон,
19630 Уһун буруону унаарытан,
Уолбат ойбону алларан,
Уйгу-быйаҥы дэбилитэн,
Олохсуйан олордуннар диэн,
Олохторун булларан,
- 461 -

