Page 461 - Неизвестное название
P. 461

Уруйдаан-айхаллаан,
                         Бу түү мээчик курдук
                         Төкүнүйэн үөскээбит
                         Түмэн бараан дойдум
                         Түөлбэлээх түһүлгэтэ буолбут
                  19640 Киэҥ Тумарыкы Эбэ хотуну
                         Кэхтибэт-кэскиллээх,
                         Уурайбат-уйгулаах,
                         Улуу Туймаарыкы Эбэ хотун
                         Буоллун диэн,
                         Уларыйбат-кубулуйбат гына,
                         Уларытан ааттаан,
                         Үйэ-саас тухары
                         Үөскүү-үүнэ турар
                         Кэнчээри ыччат кэскиллэннин,
                  19650 Төрөтөр оҕо төлкөлөннүн,
                         Иитэр сүөһү чэчирээтин диэн,
                         Көтүллүбэт күрүөнү тутан,
                         Төлөрүйбэт-мүччүрүйбэт
                         Суон сүллүгэһи анньан,
                         Халбарыйбат-сэгийбэт
                         Халыҥ халҕаны сабан,
                        Уруйдаан-айхаллаан
                         Кэскиллээн-тэрийэн кэллим.
                         Манна эмиэ
                  19660 Баараҕай малааһыны тардан,
                        Уйгулаах үөрүүнү оҥорон,
                         Ытык ыһыаҕы ыһан
                        Ахтар айыытыттан айыллыбыт
                        Айыы-хаан сиэннэрэ,
                        Айыҥат хаан удьуордара
                        Аймах-билэ дьонум
                        Араан тыа саҕа
                        Арыаллаһыҥ эрэ,
                        Уруй-туску буоллун!
                  19670 Буойакаа! — диэтэ.
                           Инньэ диирин кытта
                        Айыы хаан сиэннэрэ,
                        Аймах-билэ дьонноро
                        Араан тыа саҕа
                        Арыаллаһан айхалластылар,
                        Оһуор ойуур курдук
                        Уруйдаһан тоҕуорустулар.
                                       - 462
   456   457   458   459   460   461   462   463   464   465   466